Иһинээҕитигэр көс

Атырдьах ыйа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Атырдьах ыйа Très riches heures du duc de Berry

Атырдьах ыйа - 8-с ый. Былыр 4-с ый эбит. Аата этэрин курдук сүнньүнэн бу ыйга от кээһэллэр.

Атырдьах ыйыгар сайыҥҥы куйаас мөлтүүр, түүнүн лаппа сөрүүкүүр. Ылдьыын, Ыспааһаптар ардахтарын кэнниттэн күн соччо күүскэ сырайбат, түүнүн хаһыҥ түс-пэтэҕин да иһин, биллэрдик тымныйар. Быһата, ыи иккис аҥаарыттан күһүн тыына биллэн барар.

Ойуурга уулаах отон, бааһынаҕа бурдук буһар. Бурдук хомуурун былдьаһыктаах үлэтэ саҕаланар. Норуокка «бааһынаҕа куолас баарын тухары — сыралаһан үлэлээ», «төһөнөн эрдэлиигин да соччонон үчүгэй, хойутаатаххына кураанах куолаһы хомуйуоҥ» дииллзрэ.

Хамсыыр харамай олоҕор атырдьах ыйа эмиэ эгэлгэ кэм. Соҕуруу дойдуга кыстыыр көтөрдөр үөрдүүллэр, ыраах суолга бэлэмнэнэллэр, оҕолорун хайдах көтөргө, аһылыктарын булунарга үөрэтэллэр. Кыс-тааччылар даҕаны түбүктэрэ үгүс. Күн сыр-дыгын тухары кыһыҥҥы олохторун хааччынан, ас хаһаанан сыбыытаһаллар.

Атырдьах ыйын тиһэх күннэрэ хаһыҥ доҕуһуолланаллар, күн төһө да кылгаатар, ардыгар куйаас буолар. Ханныгын да иһин, атырдьах ыйа сайыҥҥы ый буоллаҕа.

Атырдьах ыйын күнүн-дьылын билгэтэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Атырдьах ыйыгар күһүнү билгэлииллэр. Ынах, сылгы түүлүүрүнэн күһүн төһө уһуурун таайаллар. Талах хайдах үүммүтүнэн кэлэр кыһын хаар төһө халыныан быһаараллар. Ый ардаҕа икки: сайыны иэҕэр самыыр (Ылдьыын), өксүөн түһүүтэ (Ыспааһап). Тыала — оту-маһы орохсутар тыал. Бу ыйга олунньу тэҥнэһэр. Ардыы туран, халлаан оройуттан аһылыннаҕына, былыт халлаан тула өттүгэр түһэн халлар буоллаҕына, ардах ааспат, сотору кэлэр. Тыала суох туран, өрүс уута тыаһаатаҕына, сотору тыал түһэр. Ардах түһэр кэмигэр элиэ кистээтэҕинэ, ардах астар. Кустук кытархай, өҥө чаҕылхай буоллаҕына, ардах түһэр.

Ынах тыла уу түөлбэтигэр уста сыддьарын, биитэр уу аннынааҕы үүнээйи умнаһыгар сыылларын көрдөххүнэ, куйаас түһэр. Оттон ынах тыла түөлбэ уутун үрдүгэр баар үүнээйи умнаһыгар ыттыбыт, биитэр уу урсунутар таҥнары ыйанан турар буоллаҕына, сотору ардах кэлэр бэлиэтэ. Чыычаах үөрүн саҥата иһийдэҕинэ, ол кэннэ хойуу от сэбирдэҕэр састаҕына, сотору кэминэн ардаҕы күүт.

муус тоҥор ыйа; ньаалаҕай ыйа; оҕолоох хаас ыйа; спаасаптар ыйдара; төрдүнньү; хаас барар ыйа; хатыыр хаалар ыйа; ыргахта ыйа.


  • Sakhatyla.ru
  • [Диалектологический словарь якутского языка. 1976]
Тохсунньу | Олунньу | Кулун тутар | Муус устар | Ыам ыйа | Бэс ыйа | От ыйа | Атырдьах ыйа | Балаҕан ыйа | Алтынньы | Сэтинньи | Ахсынньы
pFad - Phonifier reborn

Pfad - The Proxy pFad of © 2024 Garber Painting. All rights reserved.

Note: This service is not intended for secure transactions such as banking, social media, email, or purchasing. Use at your own risk. We assume no liability whatsoever for broken pages.


Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy