Иһинээҕитигэр көс

Сөмүйэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сөмүйэ — киһи илиитин иккис тарбаҕа (улахан тарбахтан саҕалаан аахтахха). Улахан уонна орто тарбахтар ыккардыларынан баар. Сөмүйэ атын тарбахтартан холкутук хамсыыр, онон киһи бу тарбаҕынан элбэхтик туһанар.

Сөмүйэ көмөтүнэн хамсаныылар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Киһи түөһүн ыйар: Мин
  • Сэһэргэһээччини эбэтэр атын киһини ыйар: Эн/Кини
  • Үөһэ ыйар: Болҕой!
  • Үөһэ ыйар уонна уҥа-хаҥас иэҕэҥниир: Суох!/Бобуулаах!
  • Иннин диэки ыйар уонна үөһэ-аллара салыбырыыр: Үөрэтии эбэтэр суоһурҕаныы
  • Чэчэгэй аттыгар эргийэр: Эн/кини өйүттэн тахсыбыт
  • Илиини уунан туран сөмүйэни чиркэтии: Мин тугу эрэ этиэм
  • Уостарга туруору тутан даҕайыы: Чуумпурууну ирдээһин
  • Ахсааны ыйар: биир ахсааны эбэтэр бастакы кэрискэни (№ 1)
  • Илии тарбахтара бобо тутуллаллар, сөмүйэ киһи диэки туһаайан иэҕэҥниир: Чугаһыырга ыҥырыы (тыаһаабакка эбэтэр кистэлэҥ түбэлтэлэргэ)
  • Илии тарбахтарын бобо тутан, сөмүйэни чочоҥнотуу: тарбаҕынан куттааһын, сатаммат, бобуулаах
  • Сөмүйэлиин сөбүлүүбүн — хайгыыбын, сөбүлүүбүн, биһириибин.
  • Сөмүйэтин уга сытар сирэ — чугас, туһана турар сирэ[1].
  1. Сомоҕо домохтор / Попов И. К.. — Дь.: Бичик, 2010. — С. 52. — 96 с. — ISBN 978-5-7696-3409-3
pFad - Phonifier reborn

Pfad - The Proxy pFad of © 2024 Garber Painting. All rights reserved.

Note: This service is not intended for secure transactions such as banking, social media, email, or purchasing. Use at your own risk. We assume no liability whatsoever for broken pages.


Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy