1805
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1801 1802 1803 1804 — 1805 — 1806 1807 1808 1809 |
Уоннуу сыллар |
1770-с 1780-с 1790-с — 1800-с — 1810-с 1820-с 1830-с |
Үйэлэр |
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ |
1805 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Чопчуланыахтаах
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 17 — Италия өрөспүүбүлүкэтэ Италия хоруоллуга буолбут, Наполеон дойду хоруолунан ааттаммыт.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 22 күнүгэр Саха уобалаһа Иркутскай күбүөрүнэттэн араарыллан туспа барбыт.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 26 — Карабах баһылыга Ибрагим-хан Арассыыйа ыраахтааҕытыгар андаҕар биэрбит.
- Ыам ыйын 26 — Наполеон Бонапарт Италия хоруолун титулун ылбыт, Милан собуоругар Ломбардия Тимир хоруонатын кэппит.
От ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- От ыйын 31 — Эмчиттэри Саха уобалаһыгар ыытар туһунан ыйаах тахсыбыт. Бастакы кылаабынай медигынан Реслейн диэн быраас ананан үлэлээбит. Саха сирин доруобуйатын харыстабылын үлэтин устуоруйата бу күнтэн ааҕаллар.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 21 — Наполеон сэриилэрин кэмигэр быһаарыылаах Трафальгар кыргыһыытыгар адмирал Горацио Нельсон салайааччылаах Улуу Британия флота холбоһуктаах Франция уонна Испания флоттарын урусхаллаабыт. Улуу Британия "байҕал хотуна" диэн аатын олохтообут.
- Сэтинньи 13 — Австрия киин куоратыгар Венаҕа Франкфурттан көһөн кэлбит этчит Иоганн Ланер сосисканы айбыт. Сосисканы ким айбыта Вена уонна Франкфурт куораттарын ыккардыларыгар өрдөөҕүттэн ыла кэлбит мөккүөр буолар. Франкфуртка сосискалары Орто үйэлэр саҕаттан оҥороллор эбит, ол эрэн Вена сосискатыгар бастакытын ынах уонна сибиинньэ эттэрэ холбоммуттар. Билигин маннык рецебинэн оҥоһуллубут сосиска ньиэмэс кухнятын биир сүрүн ингредиенэ буолар.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 2 — Аустерлиц кыргыһыытыгар Наполеон Улуу Аармыйата баһыйар ахсааннаах Арассыыйа уонна Австрия импиэрийэлэрин холбоhуктаах сэриилэрин урусхаллаабыт. Түмүгэр Австрия элбэх сири сүтэрэн сэрииттэн тахсарга күһэллибит.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 10 (сенат уурааҕар суруллубутунан) — Василий Федоров - Манчаары Баһылай — бэйэтин киһи быһыытынан дьоһунун көмүскээн номоххо уонна саха устуоруйатыгар киирбит киһи. Маны таһынан кини ырыалара устуоруйаҕа бастакы ааптара биллэр сахалыы уус-уран айымньыларынан билиниллиэхтэрин сөп.