Content-Length: 279895 | pFad | http://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%91%D0%B0%D0%BB%D0%B0%D2%95%D0%B0%D0%BD_%D1%8B%D0%B9%D1%8B%D0%BD_5

Балаҕан ыйын 5 — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Балаҕан ыйын 5

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Балаҕан ыйын 5 диэн Григориан халандаарыгар сыл 248-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 249-c күнэ). Сыл бүтүө 117 күн баар.

  • Аһымал аан дойдутааҕы күнэ. 2012 сыллаахха ХНТ олохтообута
  • 1698 — Бүөтүр I ыраахтааҕы дойдуну арҕаа дойдуларга чугаһата сатаан бытык түһээнэ олохтообут. Бу түһээни сэҥийэлэригэр бытыктаах дьон (таҥара үлэһиттэриттэн уонна бааһынайдартан уратылар) бары төлүөхтээхтэрэ.
  • 1823 (урукку ааҕыынан атырдьах ыйын 24) — Саха уобалаһын биэс улууһун уонна икки буолаһын баһылыктара сахалар үгэстэрин уонна сокуоннарын туһунан докумуоҥҥа[1] илии баттаабыттар уонна нөҥүө күнүгэр уобалас бырабылыанньатыгар туттарбыттар. Манна ыһыах итэҕэл бырааһынньыга буолара ыйыллыбыт. Бу докумуону эһиилигэр бэс ыйыгар саха дьокутааттара Иркутскайга илдьэн күбүөрүнэ анал кэмитиэтигэр туттарбыттара[2].
  • 1883 — (эргэ истиилинэн атырдьыах ыйын 24 күнүгэр) Николай Чернышевскай Бүлүүтээҕи хаайыытыттан босхолонон чып кистэлэҥинэн Астрахань куоракка ыытыллыбыт. Онно эрэ тиийэн харабылларыттан босхоломмут, ол эрээри, син биир атын сиргэ олохсуйар бырааба суох кэтэбилгэ олорбут.
  • 1905 — Портсмуттааҕы дуогабарга илии баттаммыт, нуучча-дьоппуон сэриитэ бүппүт. Кэриэйэ уонна Порт-Артур тулата Дьоппуон сабыдыалын сфератыгар киирбиттэр, Сахалин арыытын соҕуруу аҥаара Дьоппуон сирэ буолбут.
  • 1907 (урукку стиилинэн атырдьах ыйын 23) — Күлүмнүүр Саха сиригэр холуобунай буруйдаахтары көскө ыытары утаран "Якутский край" хаһыакка ыстатыйа таһааттарбыт.
  • 1914Дьокуускайтан Бүлүүгэ диэри телеграф үлэҕэ киирбит.
  • 1914Боотур уус улууһун киинигэр Чурапчыга икки кылаастаах оскуола аһыллыбыт.
  • 1914Аан дойду бастакы сэриитэ: 8 күннээх Марна кыргыһыыта саҕаламмыт. Париж диэки кимэн киирэн иһэр ниэмэс аармыйатын французтар тохтоппуттар уонна төттөрү бырахпыттар. Манан Шлиффен былаана, о.э. түргэнник Францияны кыайан баран соҕотох Арассыыйаны утары киирсии, таҥнастыбыт. Германия түөрт сыл усталаах икки фронунан ыарахан позиционнай сэриигэ батыллыбыта.
  • 1922Манчаары культурнай-сырдатар уопсастыба аата "Саха омук" диэҥҥэ уларытыллыбыт. Бэрэстээтэл — Василий Леонтьев.
  • 1932 — Саха сирин Норуот хамыһаардарын сэбиэтэ (СНК) Саха сиринээҕи «Госкино» управляющайа Чернышев дакылаатын истэн баран уураах таһаарбыт «Об организации фонда кинофикации и образовании Комитета кинофикации при СНК ЯАССР».
  • 1940 — «Пионерская правда» хаһыакка Аркадий Гайдар «Тимур уонна кини хамаандата» сэһэнин бэчээттээн саҕалаабыттар. Бу сыл сэһэнинэн киинэ уһуллан тахсыбыта. Ол кэннэ Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн дьоҥҥо көмөлөһөр тимуровецтар хамсааһыннара саҕаламмыта.
  • 1967Кырыым татаардарыгар амнистия биллэриллибит, сэрии кэмигэр ниэмэстэргэ көмөлөһүүгэ бүтүн норуоту буруйдуур сыыһата этиллибит. Ол эрэн Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыар диэри татаардар дойдуларыгар төннөллөрүн бопсор этилэр, тиийбит дьону Кырыымтан үүрэллэр этэ.
  • 1825 — Ричард Маак (Richard Maack) — натуралист, Сибиири уонна Уһук Илини чинчийээччи, педагог. Хас да экспедицияны тэрийэн ыыппыта — ол иһинэн Саха сирин Бүлүү уокуругар (18531855 сыллардаахха), аан маҥнай Бүлүү, Чуона, Өлүөхүмэ тардыыларын айылҕатын, геологиятын уонна олохтоохторун чинчийбитэ. Ону таһынан Амур уонна Уссури өрүстэр тардыыларын чинчийбитэ.
  • 1832 — Сергей Боткин (өлб. 1889) — Арассыыйа аатырбыт бырааһа.
  • 1880Николай Грибановскай төрөөбүт, Саха сирин билим библиографиятын төрүттээччи (1880—1942).
  • 1915 — Захар Түнгүрээдэп — Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, араас сылларга Саха судаарыстыбаннай муусука уонна драма тыйаатырын дириэктэринэн уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи бибилэтикэ дириэктэринэн үлэлээбитэ.
  • 1928 — Дмитрий Коркин — Саха сиригэр тустуу сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит, үс олимпиеһы бэлэмнээн таһаарбыт тренер. 1985 сылтан ыла кини аатынан дойдулар ыккардыларынааҕы таһымнаах турнир ыытыллар.
  • 1951Анатолий Чомчоев — аармыйа эпиһиэрэ (1969-1990 сс.), полковник, Чернобыль саахалын ликвидатора, учуонай, Ил Түмэн бастакы ыҥырыытын дьокутаата, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга (1992 с.), СӨ Гражданскай оборуонаҕа судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэстээтэлэ (1992-1994 сс.).
  • 1906Людвиг Больцман (1844 төр.), Австрия физигэ, статистическай физика уонна физическай кинетика олохтооччута.
  • 2003Кир Булычёв (дьиҥнээх аата Игорь Всеволодович Можейко; 1934 төр.), фантаст суруйааччы.
  1. "Обьяснение якутов Якутской области о законах и обычаях их"
  2. Попов Г. В., Павлов А.Н. Суолталаах докумуон : Революция иннинээҕи либеральнай реформа итэҕэлгэ сыһыана // Саха сирэ : хаһыат. — 1998. — 27 Атырдьах ыйын. — С. 8.








ApplySandwichStrip

pFad - (p)hone/(F)rame/(a)nonymizer/(d)eclutterfier!      Saves Data!


--- a PPN by Garber Painting Akron. With Image Size Reduction included!

Fetched URL: http://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%91%D0%B0%D0%BB%D0%B0%D2%95%D0%B0%D0%BD_%D1%8B%D0%B9%D1%8B%D0%BD_5

Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy