Content-Length: 277386 | pFad | http://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%9C%D1%83%D1%83%D1%81_%D1%83%D1%81%D1%82%D0%B0%D1%80_11

Муус устар 11 — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Муус устар 11

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Муус устар 11 диэн Григориан халандаарыгар сыл 101-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 102-c күнэ). Сыл бүтүө 264 күн баар.

  • Фашист концлааҕырдарыттан босхолонуу аан дойдутааҕы күнэ. 1945 сыллаахха Бухенвальд лааҕырын хаайыылаахтара өрө турбут күннэригэр бэлиэтэнэр.
  • Паркинсон ыарыытын утары охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ
  • Луи Луай күнэ — "Луи Луай" (ааҥл. Louie Louie) диэн мусукаан Ричард Берри ритм-н-блюз жанрыгар 1955 сыллаахха суруйбут ырыата. Ырыа рок-н-ролл сайдыытыгар уонна тарҕаныытыгар улахан суолтаны ылбытын иһин бу күн аан дойдуга бэлиэтэнэр
  • 1241Бату Хаан сэриилэрэ Шайо өрүс үрдүгэр ахсааннарынан икки төгүл баһыйар Венгрия уонна Хорватия сэриилэрин үлтүрүппүттэр. Хоруол Бела IV уонна кини быраата Хорватия герцога Доломан Австрияҕа күрээбиттэр.
  • 1716Петр I сатыы сэриилэр бастакы Устааптарын таһаарар.
  • 1832 — Арассыыйа Ытык (Бочуоттаах) гражданина диэн аат баар буолбут (мещаннарга уонна духовнай сословие дьонугар иҥэриллэр сыбаанньата, 1917 сыллаахха сословиелары суох гынар ВЦИК дэкириэтинэн суох буолбута).
  • 1865 — өлөрүллүөн 3 хонук иннигэр АХШ бэрэсидьиэнэ Авраам Линкольн хара тириилээх дьоҥҥо быыбардыыр быраабы биэрэр туһунан тыл эппит.
  • 1868Японияҕа сёгунаты суох гыммыттар: урукку сегун Токугава Ёсинобу Эдо бөҕөргөтүүтүн импэрээтэр сэбилэниилээх күүстэригэр арыйан биэрбит.
  • 1887 — Дьокуускайга гласнай суут аһыллыбыт. Бу күн үс холуобунай дьыала көрүллүбүт.
  • 1891Александр III импэрээтэр Улуу сибиирдээҕи суолу тутар туһунан ыйаах таһаарбыт (кэлин Транссиб — Транссибирскай тимир суол — диэн ааттаммыта).
  • 1910 — Дьокуускайга ибир ардах түспүт.
  • 1930 — литэрэтиирэни ырытааччы, түмэт диэйэтэл Василий Леонтьев (05.03.1895—22.01.1932) РСФСР Холуобунай кодексатын 17-с уонна 52-2 ыстатыйаларынан сымыйанан буруйданан тройка «суут» бириигэбэринэн 3 сыл концлааҕырга угуллубут. Төннүбэтэҕэ.
  • 1945
    • Бухенвальд лааҕырын хаайыылаахтарын АХШ сэриилэрэ босхолообуттар
    • «Джугджурзолототранс» үлэлии сылдьан сэриигэ ыҥырыллыбыт сапер Юрий Калашников Вена Донау-каналын бастакынан туораабыт, 37 пехотаны эһэр миинэлэри көтүрэн, миинэлэммит хонууга ааһар суолу хааччыйбыт. Бу хорсун быһыытын иһин иккис Албан аат уордьанынан наҕараадалммыт.
  • 1957Сингапур бэйэтэ бэйэтин салайынарын Британия билиммит.
  • 1963 Рим папата Иоанн XXIII араак ыарыыттан өлүөн икки ый иннинэ Pacem in terris (Сиргэ эйэни) диэн ааттаммыт энцикликатын таһаарбыт. Бу туһаайыытын урукку понтификтар курдук католиктарга эрэ буолбакка, "аан дойду үтүөҕэ дьулуһар дьонугар барытыгар" оҥорбута, киһи дьоһунун түһэриини утарбыта, дьон бары тэҥнээхтэрин туһунан эппитэ, дьахталлар бырааптарын турууласпыта, ядернай сэрии сэбин утарарын биллэрбитэ.
  • 2002Уго Чавеһы утаран Каракаска баар бэрэсидьиэн уораҕайын аттыгар икки сүүс тыһыынчаттан тахса киһи мустубут. 19 киһини бырабыыталыстыба сэриилэрэ өлөрбүттэр.
  • 2005 — ССРС норуодунай учуутала Михаил Алексеев аата төрөөбүт дойдутугар, Бүлүү улууһун Илбэҥэтигэр, Баппаҕаайы орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ.
  • 2012 — Дьокуускайга "Рэп-долгун" диэн саха рэбын бастакы бэстибээлэ буолбут.
  • 1906Иван Лебедкин (1941 өлб.) — техническэй үөрэҕи-идэни баһылаабыт бастакы сахалартан биирдэстэрэ, Алданзолото, Якутзолото холбоһук кылаабынай инженерэ. Үөһээ Бүлүү Хомустааҕыттан төрүттээх. Репрессияҕа түбэһэн хаайыыга өлбүтэ.
  • 1912 — Алексей Миронов (30.03.1945 өлб.) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
  • 1915 — Матрена Корнилова (04.09.1991 өлб.) — Социалистыы Үлэ Дьоруойа, оҕуруот аһын үүннэрээччи. Саха АССР-га оҕуруот аһын уонна хортуопуйу үүннэриини билимҥэ олоҕурдубут, бигэ үүнүүнү ылары ситиспит, ол уопутун өрөспүүбүлүкэ хаһаайыстыбаларыгар тарҕаппыт киһи.
  • 1916 — Матрёна Слепцова (1995 с. өлб.) — РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа.
  • 1960 — Лилия Попова — саха живописеһа.
  • 1990 — Николай Васильев (05.11.1938 төр.) — социолог, Саха Сирин омуктарын социальнай сайдыыларын чинчийбит учуонай, бөлүһүөпүйэ билимин хандьыдаата. Эдьигээн Куонаратыттан төрүттээх.
  • 2012Варвара Петрова (15.12.1936 төр.) — Ньурба улууһун уустук 1995—2002 сс. баһылыга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.










ApplySandwichStrip

pFad - (p)hone/(F)rame/(a)nonymizer/(d)eclutterfier!      Saves Data!


--- a PPN by Garber Painting Akron. With Image Size Reduction included!

Fetched URL: http://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%9C%D1%83%D1%83%D1%81_%D1%83%D1%81%D1%82%D0%B0%D1%80_11

Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy