Content-Length: 291343 | pFad | http://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%91%D1%8D%D1%81_%D1%8B%D0%B9%D1%8B%D0%BD_23

Бэс ыйын 23 — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Бэс ыйын 23

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бэс ыйын 23 диэн Григориан халандаарыгар сыл 174-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 175-c күнэ). Сыл бүтүө 191 күн баар.

  • 1565Осмааннар флоттарын баһылыга Драгут Мальта Улуу төгүрүктээһинин кэмигэр кыргыһыыга өлбүт.
  • 1724 — Арассыйа импиэрийэтэ уонна Туурсуйа Константинопольга сөбүлэҥ түһэрсибиттэр, Арассыыйаҕа Каспий хаалбыт, оттон Туурсуйаҕа — Тифлис уонна Эривань.
  • 1757 — Плесси кыргыһыыта: 3000 киһилээх Британия Ост-Индиятааҕы хампаанньатын сэриитэ 50000 киһилээх Бенгалия сэриитин кыайбыт. Мантан ыла Улуу Британия Индияны баһылааһына саҕаламмыт.
  • 1794 — Екатерина II ыраахтааҕы дьэбириэйдэр Киевкэ олохсуйалларын көҥүллээбит.
  • 1803Роберт Фултон Сена өрүскэ бастакы паарынан барар аалы көрдөрбүт.
  • 1868Америкаҕа Кристофер Лэтем Шоулз бэчээттиир массыыҥканы айбыт. Кини сотору кэминэн түргэнник бэчээттииргэ табыгастаах QWERTY-клавиатураны айбыта.
  • 1894 — Парижка Пьер де Кубертен саҕалааһынынан Аан дойдутааҕы Олимпиаада кэмитиэтэ тэриллибит.
  • 1919 — Балтия ландесвера (ньиэмэстэр өйүүр күүстэрэ) Цесис аттынааҕы кыргыһыыга Эстония тутулуга суох буоларын туруулаһар сэбилэниилээх күүстэргэ кыайтарбыт, чугуйбут; бу күнү Эстонияҕа Кыайыы күнүн быһыытынан бэлиэтииллэр.
  • 1927Максим Аммосов салалталаах Саха АССР-ы чинчийэр хамыыһыйа уурааҕынан Дьокуускайга Тыа хаһаайыстыбатын киин опытнай станцията тэриллибит. Мантан Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын үөрэтэр-чинчийэр институт устуоруйатын саҕалыыр.
  • 1938 — Москубаҕа "саха буржуазнай омугумсуйар өрөбөлүүссүйэни утарар подпольетын кыттыылааҕын быһыытынан" Серафим Потапов тутуллубута. Саха устуоруктарыттан биир бастакылара, кыраайы үөрэтээччи, дьоҕурдаах суруналыыс быһыытынан биллибит киһи, судаарыстыба диэйэтэлэ. Бу күннэргэ П. А. Ойуунускайы, Г. В. Ксенофонтову эмиэ туппуттара.
  • 1944Сэбиэскэй Сойуус сэриилэрэ «Багратион» диэн ааттаах эпэрээһийэни саҕалаабыттар, бу түмүгэр Белоруссия, Литва сорҕото уонна Польша илин өттө босхоломмуттара.
  • 1961Антарктика туһунан сөбүлэҥ олоххо киирбит, бу сөбүлэҥинэн Антарктика билим заповеднигын быһыытынан билиниллибитэ, байыаннай туһаныы хааччахтаммыта.
  • 1978Кырыымҥа Муса Мамут диэн киһи былаас кырыым татаардарын атаҕастыырын утаран бэйэтин умаппыт. Аҕыйах хонон баран балыыһаҕа өлбүт. Ол тухары кэмсиммэтин этэ сыппыт.
  • 1990Молдавия Үрдүкү Сэбиэтэ суверенитет туһунан декларация ылбыт.
  • 2016Британия олохтоохторо референдумҥа Европа Сойууһуттан тахсар туһунан куоластаабыттар.
  • 2023 — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 1 мөлүйүөн олохтоох баар буолбут. Онуфриевтар диэн Мииринэйгэ олорор дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕо төрөөбүт. Кыыс ыйааһына 4,1 кг, уҥуоҕа 56 см диэн үөрүүлээх сонуну Ил Дархан Айсен Николаев Туймаада Ыһыаҕар биллэрбитэ. Саҥа төрөөбүт кыыс ийэтэ Арина Онуфриева "кыыспытын сахалыы ааттыыр былааннаахпыт" диэн «Якутия24» ханаалга эппитин биэрбиттэр.
  • 1995Джонас Солк (1914 төр.), полиомиелиты утары быһыыны айбыт дьонтон биирдэстэрэ, вирусолог. Дьоно Польшаттан Нью-Йорка көспүт дьэбириэйдэр. Аҕата Даниил дьахтар бортунуойа буолан оҕолоро үчүгэй үөрэхтэнэллэрин хааччыйбыт.
  1. 23 июня в России празднуют День балалайки / Новости культуры / Tvkultura.ru Архыыптаммыт 2020, Бэс ыйын 26 күнүгэр.
  2. День казахстанской полиции — 23 июня. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2010
  3. День Суверенитета
  4. https://tonkosti.ru/%D0%94%D0%B5%D0%BD%D1%8C_%D1%81%D0%B2%D1%8F%D1%82%D0%BE%D0%B3%D0%BE_%D0%A5%D0%B0%D0%BD%D1%81%D0%B0








ApplySandwichStrip

pFad - (p)hone/(F)rame/(a)nonymizer/(d)eclutterfier!      Saves Data!


--- a PPN by Garber Painting Akron. With Image Size Reduction included!

Fetched URL: http://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%91%D1%8D%D1%81_%D1%8B%D0%B9%D1%8B%D0%BD_23

Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy