Content-Length: 289059 | pFad | https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%A1%D1%8D%D1%82%D0%B8%D0%BD%D0%BD%D1%8C%D0%B8_5

Сэтинньи 5 — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Сэтинньи 5

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сэтинньи 5 диэн Григориан халандаарыгар сыл 309-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 310-c күнэ). Сыл бүтүө 56 күн баар.

  • ХНТ ХНТ — Аан дойдуга цунами туһунан билиини тарҕатыы күнэ
  • Арассыыйа Арассыыйа, Беларусь Беларусь, Армения Армения — Байыаннай чуҥнааччы (разведчик) күнэ
  • Ииндийэ Ииндийэ (Карнатака) — Канака Даса күнэ. Канака Даса (1509–1609) — аатырбыт композитор, каннада тылынан суруйбут бэйиэт, бөлөһүөк уонна мусукаан, бу күн төрөөбүт эбит
  • Панаама Панаама — Колон күнэ. Бу күн 1903 сыллаахха Колон куорат олохтоохторо Колумбия аармыйатын тохтоппуттар
  • Пилипиин Пилипиин (Негрос) — Негрос өрөбөлүүссүйэтин күнэ (Cinco de noviembre). 1898 сыллаахха Негрос диэн Пилипиин арыытыгар өрө туруу буолбут
  • Баантан көһүү күнэ. Бааннар хамыыһыйаларын утары АХШ-ка бэлиэтииллэр, кэммиэрчэскэйэ суох иэстиир сойуустарга көһөргө ыҥыраллар.
  • Гай Фокс түүнэ (ааҥл. Guy Fawkes Night) эбэтэр Кулуһун түүнэ — 1605 сыллаахха Лондоҥҥа маннык ааттаах киһини хоруолу өлөрөөрү сырыттаҕына туппуттар. Онтон ыла сылын ахсын хоруол быыһаммытын бэлиэтиир буолбуттар, өр кэмҥэ протестааннар католиктары утары тэрээһиннэрин курдук бэлиэтэнэрэ. Билигин да Британияҕа, Саҥа Зеландияҕа, Канаадаҕа түүн кулуһун оттоллор, карнавааллары тэрийэллэр.
  • 1582 — Ермак Сибиир киин куоратын Искери ылбыт. Кучум хаан утарылаһыыны салҕаары куотан биэрбит.
  • 1612Москуба босхолонуута. Кириэмилгэ хорҕойон олорбут Польша-Литва гарнизона нуучча ополчениетыгар бэриммит. Москубаны поляктар уонна литовецтар икки сыл устата тутан олорбуттара.
  • 1732Чукчалары уонна Чукоткаҕа олорор атын омуктары сэриилээбит майор Дмитрий Павлуцкай Анаадыртан Дьокуускайга төннүбүт. Бу барыытын устуоруктар маннык быһаараллар: Тоболлааҕы тойоно Павлуцкай олохтоохтору күүһүнэн ыраахтааҕы былааһыгар киллэрэрин боппутун, кэпсэтии эрэ түмүгэр дьаһаах хомуллуохтааҕын эппитин иһин ону быһаарса барбыт. Бу иннинэ дьаһаах төлүү сылдьар кэрээктэри Павлуцкай кыргыбытын, онтон сылтаан хааһына ночооттоммутун туһунан үҥсүү Анаадыр хамыһаара Тарабыкинтан киирбитэ биллэр.
  • 1854Кырыым сэриитэ (1853-1856): Инкерман кыргыһыыта буолбут. Инкерман аттыгар нуучча сэбилиниилээх күүстэрэ сарсыарда эрдэ өмүтүннэрэн ааҥыл бөҕөргөтүүлэригэр саба түспүттэр, аҥылычааннар 3/4 сүтүктэнэн бэринэргэ күһэллэн эрдэхтэринэ боронтуус сэриилэрэ көмөҕө кэлэн кыргыһыы хаамыытын тосту уларыппыттар. Нууччалар элбэх сүтүктээх чугуйбуттар, генераллара өлбүт. Төһө да хотторбуттарын иһин, нууччаларга бу кыргыһыы биир үтүө түмүктээх этэ: сарсыныгар союзниктар Севастопольга саба түһэр былааннара тохтубута.
  • 1922 — Генерал Пепеляев Ньылхантан Айааҥҥа кэлбит. Манна 187 доброволецтаах уонна астаах-үөллээх Вишневскай салайааччылаах хараабыл кэлиитэ Пепеляевы Дьокуускайга барар санаатын бөҕөргөппүт.
  • 1926 — ЯЦИК бэрэстээтэлэ Михаил Мегежекскэй уонна Совнарком бэрэстээтэлэ Максим Аммосов Эдуард Пекарскайга тылдьытын түмүктээбитинэн эҕэрдэлээн тэлэгирээмэ охсубуттар. Онно Игидэй оскуолатын кини аатынан ааттыыр туһунан, тылдьыты таһаарыыга уонна Пекарскайга бэйэтигэр үп биэрэр туһунан быһаарыныы ылыныллыбытын биллэрбиттэр.
  • 1930Лондоҥҥа бастакытын тэлэбиидэнньэҕэ эрэкэлээмэ-арбааһын көрдөрүллүбүт, баттах кырыйар салону көрдөрбүттэр.
  • 1935АХШ-ка Улуу Кэхтии (Великая Депрессия) тыҥаан турдаҕына үлэтэ суох Чарльз Дэрроу аатырбыт «Монополия» диэн остуол оонньуутун таһаарбыт.
  • 1957Болгария Пловдив куоракка Бунарджик томторго «Босхолооччулар томтордоро»,  Сэбиэскэй босхолооччу - сэрииһит өйдөбүнньүгэ арыллыбыт. Аатырбыт "Алёша" өйдөбүнньүк.
  • 1967 — Москубаҕа Останкино телебашнята арыллыбыт.
  • 1994Анатолий Чубайс Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэстээтэлин бастакы солбуйаачытынан анаммыт. Бу ананыыны кытта СӨ ол саҕана көрсүбүт уустуктарын ситимнииллэр.
  • 2006Дьоппуон барабаанньыттарын «Кодо» бөлөҕө Дьокуускайга кэнсиэртээбит.
  • 2007Google хампаанньа Android диэн мобильнай операционнай систиэмэни көрдөрбүт. 2019 сыллаахха аан дойдуга уон смартфонтан аҕыһыгар Android турар эбит.
  • 2008Саха Тыйаатырыгар учуонайдар Эдуард Пекарскай уонна Вацлав Серошевскай үбүлүөйдэригэр аналлаах өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын уонна салалтатын мунньаҕа буолбут.
  • 2013Ииндийэ бастакытын атын планетаҕа, Марска, зонд ыыппыт, зонд аата Мангальян. Бу иннинэ Марсы бэйэлэрин зондтарынан чинчийбиттэрэ: ССРС, АХШ, Дьоппуон уонна Европа. Ону кытары Арассыыйа уонна ОАЭ ити ааттаммыт дойдулары кытары бииргэ үлэлэһэн холбоһуктаах мииссийэлэри оҥорбуттара. Кэлин 2020 сыллаахха Кытай Тяньвэнь-1 диэн бэйэтин станциятын Марска ыыппыта.
  • 1924Дмитрий Сивцев (1972 өлб.), овощевод, Ленин уордьанын кавалера, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Ытык киһитэ.
  • 1938 — Николай Васильев (11.04.1990 өлб.) — социолог, Саха Сирин норуоттарын социальнай сайдыыларын чинчийбит учуонай, бөлүһүөпүйэ билимин хандьыдаата.
  • 1949Михаил Друзьянов — тустуук, спорду тэрийээччи, Саха АССР физическэй култууратын уонна спордун үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Вашингтон штат Оборн куоратын уонна Чурапчы улууһун Ытык киһитэ.
  • 1968Александр Бурнашев Саха эстрадатын артыыһа, пародист
  • 1977 — Николай Дьяконов — Дыгын оонньууларын 6 төгүллээх чөмпүйүөнэ (1998, 2002-2006), XVII Манчаары оонньууларын чөмпүйүөнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын Спартакиадатын 2 төгүллээх чөмпүйүөнэ (Покровскай 2000, Сунтаар 2007), мас тардыһыытыгар Арассыыйа 3 төгүллээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин 7 төгүллээх чөмпүйүөнэ, мас тардыһыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин успуо

рдун маастара.









ApplySandwichStrip

pFad - (p)hone/(F)rame/(a)nonymizer/(d)eclutterfier!      Saves Data!


--- a PPN by Garber Painting Akron. With Image Size Reduction included!

Fetched URL: https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%A1%D1%8D%D1%82%D0%B8%D0%BD%D0%BD%D1%8C%D0%B8_5

Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy