Content-Length: 290975 | pFad | https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%AB%D0%B0%D0%BC_%D1%8B%D0%B9%D1%8B%D0%BD_1

Ыам ыйын 1 — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Ыам ыйын 1

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыам ыйа 1 диэн Григориан халандаарыгар сыл 121-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 122-c күнэ). Сыл бүтүө 244 күн баар.

  • Үлэ уонна Саас бырааһынньыга (Бастакы маай, Аан дойду үлэһиттэрин сомоҕолоһууларын күнэ уо.д.а.)
  • 305Диоклетиан уонна Максимиан сааһыраннар бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн Рим импиэрийэтин ыраахтааҕылара буолан бүппүттэр. Диоклетиан бэйэтэ Илиҥҥи импиэрийэни салайара, Максимиан диэн байыаннай киһини (атаһын) Арҕаа импиэрийэни салайсарга 286 сыллаахха анаабыта. Салгыы 293 с. бэйэтин уонна Максимиан анныларынан өссө биирдии "цезарь" титуллаах "балыс" ыраахтaаҕылары анаан, былааһын түҥэттибитэ (тетрархия). Диоклетиан салайар кэмигэр Рим импиэрийэтэ бөҕөргөөбүтэ, сармааттары, алеманнары кыайталаабыта, Егиипэккэ былааһы былдьаабыт узурпатордары хам баттаабыта, былыргыттан өстөөҕүн Персияны кытта сэриилэһэн киин куоратын урусхаллаабыта, дойду үрдүнэн нолуоктар бигэ уонна ордук сиэрдээх буолбуттара. Кырдьар сааһыгар төрөөбүт сиригэр Далмацияҕа (билигин Хорватия) оҕуруот үүннэрэн үйэтин моҥообута.
  • 880Константинопольга Неа Экклесия диэн сыаркап тутуллан үлэҕэ киирбит. Сыаркап тутуутугар импэрээтэр флота мрамор тиэйэ сырыттаҕына өйөбүлэ суох хаалбыт Сицилияҕа баар Сиракуза куораты араабтар былдьаабыттара. Бу биэс куполлаах бөдөҥ сыаркап холобурунан православие кэлиҥҥи куполлаах сыаркаптара тутуллубуттара. XI үйэ бүтүүтүгэр сыаркап манастыыр буолбута. Туурактар сэриилээн ылбыттарын кэннэ буорах ыскылаата буолбута, 1490 с. этиҥ түһэн умайан хаалбыта.
  • 1707Шотландия уонна Англия холбоспуттар (уния), Улуу Британия үөскээбит.
  • 1753Карл Линней «Species Plantarum» («Үүнээйилэр көрүҥнэрэ») үлэтин бэчээттэппит. Бу күнү ботаникаҕа номенклатура киллэриитин күнүнэн ааҕаллар.
  • 1886Бирма Британия Ииндийэтигэр холбоммут.
  • 1889 сыллаахха Чикаго куоракка оробуочайдар 8 чаастаах үлэ күнүн туруорсан забастовкалаабыттар уонна демонстрацияҕа тахсыбыттар. Полицейскайдар бөлөхтөрүгэр ким эрэ буомба бырахпыт, онтон сылтаан полиция демонстраннары ытыалаабыт.
  • 1899 — атыыга аан бастаан аспирин тахсыбыт.
  • 1899 — Саха сиригэр аан бастаан маевка буолбут. Верхоянскайга Михаил Иванович Бруснев диэн киһи тэрийиитинэн көскө олорооччулар Дьааҥы өрүс кытылыгар мустан мунньахтаабыттар. Устуоруйаттан: Арассыыйаҕа аан бастаан бу күнү 1891 с. Санкт-Петербурга эмиэ Бруснев салалтатынан бэлиэтэбиттэрэ диэн буолар.
  • 1917 — Арассыыйаҕа аан бастаан 1 маай бырааһынньыга көҥүллүк бэлиэтэммит.
  • 1923 — Саһыл Сыһыыга хотторон баран Анатолий Пепеляев Айааҥҥа төннөн тиийбит.
  • 1937 — Москуба—Волга ханаал тутуута түмүктэммит.
  • 1945Берлин куоратыгар Рейхстаг үрдүгэр Кыайыы былааҕа анньыллыбыт.
  • 1948КНДР (Хотугу Кэриэйэ) тэриллиитэ биллэриллибит.
  • 1974Португалияҕа хаайыыга сыппыт бэлиитиктэри босхолообуттар уонна иһитиннэрэр-биллэрэр сириэстибэлэр цензураларын суох гыммыттар.
  • 2003Монголияҕа сири приватизациялааһын саҕаламмыт. Хас биирдии куоракка олорор ыал босхо 0,07 га сири ылыахтааҕын туһунан сокуон тахсыбыт.
  • 2004Венгрия, Кипр, Латвия, Литва, Мальта, Польша, Словакия, Словения, Чехия уонна Эстония Европа сойууһугар киирбиттэр.
  • 2019Нарухито аҕатын Акихитоны солбуйан Япония ыраахтааҕыта буолбут.


  1. Праздник Майос (Festa dos Mayos) или 1 мая








ApplySandwichStrip

pFad - (p)hone/(F)rame/(a)nonymizer/(d)eclutterfier!      Saves Data!


--- a PPN by Garber Painting Akron. With Image Size Reduction included!

Fetched URL: https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%AB%D0%B0%D0%BC_%D1%8B%D0%B9%D1%8B%D0%BD_1

Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy