Иһинээҕитигэр көс

Бэс ыйын 17

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бэс ыйын 17 диэн Григориан халандаарыгар сыл 168-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 169-c күнэ). Сыл бүтүө 197 күн баар.

  • Аан дойдуга кумах куйаар тарҕаныытын уонна курааны утары охсуһуу күнэ
  • 1579 — Айанньыт сэр Фрэнсис Дрейк Саҥа Альбион диэн ааттаабыт сирин Англия бас билиитинэн биллэрбит (аныгы Калифорния).
  • 1596Голландия чинчийээччитэ Виллем Баренц Арктикаҕа Шпицберген архипелагы арыйбыт.
  • 1631Ииндийэҕэ Шах Дьаһан падишах ойоҕо 38 саастаах Мүмтаз Маһал 14-с оҕотун төрөөрү өлбүт. Падишах аныгыскы 17 сыл тухары кини мавзолейын аатырбыт Тадж Махалы туппут.
  • 1673 — Француз чинчийээччилэрэ Жак Маркетт уонна Луи Жолле Миссисипи өрүскэ тийбиттэр, уонна бу өрүһү ойууулаабыт бастакы европеецтар буолаллар.
  • 1789Франция үһүс сосулуобуйатыттан дьокутааттар бэйэлэрин Дойду Мунньаҕынан (Assemblée nationale) биллэрэллэр. Бу түбэлтэ тиһэҕэр Францияҕа өрөбөлүүссүйэ буолуутугар уонна кыайыытыгар тиэрдибитэ.
  • 1843 — Вайрау кыргыһыыта — Саҥа Зеландияҕа маорилар уонна Британияттан төрүттээх көһөн кэлээччилэр ыккардыларыгар бастакы бөдөҥ утарыта туруу.
  • 1876Монтанаҕа Иирбит Сылгы диэн ааттаах киһи баһылыктаах сиулар уонна шайеннар Джордж Крук генерал сэриитин кыайбыттар. Бу Розебад кыргыһыыта диэн ааттаммыт кыргыһыыга икки өттүттэн тыһыынчаттан тахсалыы дьон кыттыбыта.
  • 1885 — Көҥүл Статуята Франция норуотун бэлэҕэ буолан Нью-Йорк куоратыгар кэлбит.
  • 1923Степан Вострецов кыһыл этэрээтэ Айаан пордун ылбыт. Кыһыллар генерал Пепеляев этэрээтин эмискэччи төгүрүйэн охсуһуута суох 103 офицеры, 230 саллааты, ону кытары Анатолий Пепеляевы бэйэтин билиэн ылбыттар.
  • 1929 — 1927—1929 сс. Булуҥ уокуругар үлэлээбит Илья Винокуров Булуҥ уокуругун кэмитиэтин аатыттан Махтал сурук туппут. Бу сылларга салайааччы соругунан хоту уокурукка ас-үөл маҕаһыыннарын, ас-таҥас базаларын тэрийии, хоту өрүстэр ыккардыларыгар муоранан таһаҕас тиэйиитин тэрийии, булчуттары чэпчэки сыаналаах саанан-саадаҕынан хааччыйыы, культура базаларын, оскуолалары, балыыһалары арыйыы буолбута.
  • 1940 — Иккис аан дойду сэриитэ — Британия саллааттарын уонна көннөрү дьонун Францияттан дойдуларыгар эвакуациялаан испит "Ланкастрия" (Lancastria) диэн бөдөҥ хараабылы Сен-Назер (Франция) аттыгар люфтваффе атаакалаабыт уонна тимирдибит. Кырата 3000 (сорох сыанабылынан 5800) киһи өлбүт. Британия устуоруйатыгар байҕалга саамай бөдөҥ байыаннай сүтүк.
  • 1944Егор Алексеев (1925 с.т.), Иккис Аан дойду сэриитин кыттыылааҕа, учуутал, Баппаҕаайы кыраайы үөрэтээччитэ аармыйаҕа ыҥырыллыбыт.
  • 1944Данияттан тутулуктаах Исландия хоруоллуга туспа өрөспүүбүлүкэ буолбут.
  • 1950Чикаго куоратыгар хирург Ричард Лоулер (Richard Lawler) устуоруйаҕа бастакы бүөр көһөрүүтүн оҥорбут.
  • 1953 — ГДР-га политическай кириисис буолбут. Илин Берлииҥҥэ нуорманы үрдэтиини утаран оробуочайдар өрө турбуттар, Илин Германия үрдүнэн 500-чэ сиргэ демонстрациялар буолбуттар. Бу өрө турууну сэбиэскэй таанкалар уонна ньиэмэс народнай полицията хам баттаабыттара.
  • 1967 — суруйааччы Софрон Данилов Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни ылбыт.
  • 2009СӨ Төрүт сокуонун преамбулатыгар уонна бастакы ыстатыйатыгар уларытыылар киирбиттэр.
  • 2010Егор Борисов Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ буолбут. Бу иннинэ биллибэт төрүөтүнэн Вячеслав Штыров бэрэсидьиэн дуоһунаһыттан батыммыта, Егор Борисовы ол саҕанааҕы Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Дмитрий Медведев быстах кэмҥэ эбээһинэһи толорооччунан анаабыта, онтон бу күн Ил Түмэн бигэргэппитэ (куоластаабыт 68 дьокутааттан 61 куолаһынан).
  • 1916 — дирижер, РСФСР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх артыыската, Ойуунускай аатынан Ил бириэмийэтин лауреата Галина Кривошапко төрөөбүт.
  • 1923Шамиль Мухамедьяров — түүр омуктарын орто үйэтинээҕи устуоруйатын (ол иһигэр сахалары) үөрэппит биллиилээх чинчийээччи.
  • 1927 — Таллин куоракка Улла Йохансен (2021 өлб.) — этнолог учуонай, саха ойуутун-мандарын чинчийбитэ, 1953 с. Гамбург куоракка үлэлии сылдьан бу тиэмэҕэ аналлаах монографиятын таһаарбыта.
  • 1938 — Семен Атласов (20.10.2002 өлб.) — Саха сиригэр сүөһү иитиитигэр 1979 сыллаахха диссэртээссийэ көмүскээбит чинчийээччи, устуоруйа билимин хандьыдаата.
  • 1947Владимир Андросов — эдэр сааһыгар суох буолбут чаҕылхай тустуук, САССР, ССРС спордун маастара.
pFad - Phonifier reborn

Pfad - The Proxy pFad of © 2024 Garber Painting. All rights reserved.

Note: This service is not intended for secure transactions such as banking, social media, email, or purchasing. Use at your own risk. We assume no liability whatsoever for broken pages.


Alternative Proxies:

Alternative Proxy

pFad Proxy

pFad v3 Proxy

pFad v4 Proxy